ИЙЭ ТЫЛ, СУРУК-БИЧИК КУНУНЭН!
Саргы-дьаалы Сахам тыла,
Айхал-алгыс Сахам тыла,
Уруй олук Сахам тыла,
Кун бэлэ5э Сахам тыла,
Эйиигин мин ынырыа5ым,
«Ийээ!» диэммин хаЬытыа5ым.
Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. О5о төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
Олунньу ый 14 кунугэр "Тереебут тыл, сурук-бичик кунунугэр" ананан, Нам улууьун оскуола ииннээ5и уерэх тэрилтэлэрин улэьиттэрэ сахалыы диктант суруйуутугар тургутууну аастылар. «Сахалыы диктант»- торообут тыл, сурук-бичик кунугэр анаммыт сылын ахсын ыытыллар акция. Барыта диктаҥҥа 235 улэьит кыттыыны ылла.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!
|